Хотугу муустаах муораны өҥөйө сытар Дьүкээгир нэһилиэгин олохтоохторо Күнү көрүстүлэр
Уһун будулуйар буурҕалар кэнниттэн Хотугу муустаах муораны өҥөйө сытар Дьүкээгир нэһилиэгин олохтоохторо хараҥа күннэртэн босхолонон, сырдыгынан сыдьаайа тыгар күнү айхаллыы, Күнү көрсүү бырааһынньыгын бэлиэтээтилэр. Бу күн сиэр-туом толорон аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан айах тутан, үрдүк айыыларга алгыс тыллары этэн, сээдьэ үҥкүүнэн айхаллыы көрүстүлэр. Бырааһынньыгы иилээн-саҕалаан ыыттылар "Дьүкээбил" култуура дьиэтин үлэһиттэрэ #россия #якутия #сахасирэ #арктика #рек
Название:
Хотугу муустаах муораны өҥөйө сытар Дьүкээгир нэһилиэгин олохтоохторо Күнү көрүстүлэр
Категория:
Разное